Сэрии! Сэрии диэн тыл 80 сыл анараа өттүгэр сайыҥҥы биир үтүө күн ыраас салгыҥҥа этиҥ эппитинии соһуччу дьон-сэргэ нуһараҥ олоҕун тыйыс тыыннаах, хас биирдии ыалы, киһи аймаҕы атыйахтаах уу курдук өрө дьалкыппыта.
90 биһиги биир дойдулаахтарбыт Аҕа дойду Улуу сэриитин фроннарыгар сэриилэспиттэрэ. Кинилэр киһи кыайан тулуйбат ыарахаттарын ааспыттара, снарядтар уонна буулдьалар ардахтарын аннынан Европа аҥарын эт атахтарынан ааспыттара. Олортон 56 саллаат сэрии хонуутугар охтубуттара, 34 буойун дойдуларыгар эргиллэн, эйэлээх олох араас салааларыгар үлэлээбиттэрэ.
Ааспыт алдьархайдаах сэрии биир да саха ыалын тумнубатаҕа. Куокунуттан Аҕа дойду көмүскэлигэр биир дьиэ кэргэнтэн хастыы да киһи ыҥырыллан сорохторо геройдуу охтубуттара, сорохторо эргиллэн, эйэлээх олох тутуутугар күүстэрин харыстаабакка үлэлээбиттэрэ. Ол курдук, Куокунуттан 3 бырааттыы Федоровтар: Никита, Алексей, Иннокентий төннүбэтэхтэрэ. Афанасий, Егор, Василий Никифоровтар, Элгээн түбэтиттэн бырааттыы Даниловтар: Гаврил, Тимофей, Михаил, кинилэр кыргыһыы хонуутугар үйэ-саас тухары хаалбыттара. Сэриигэ 4 бырааттыы Иевлевтар:Игнатий, Евсей, Прокопий, Трофим, биир ыалтан 4 буойун Тимофей, Федот, Николай, Иван Егоровтар барбыттара. Михаил, Николай, Дмитрий Степановтартан Михаил ыалдьан сыыллан кэлэн дьонун, нэһилиэгин иннигэр туруулаһан үлэлээбитэ. “Сулус” колхозтан ини-бии Антон, Иван Григорьевтар иккиэн эргиллибэтэхтэрэ. Куокуну осколатын төрүттэсаит Дмитрий Генеров убайа Гавриллыын тылланан сэриигэ барбыта, Москва анныгар геройдуу охтубута, төннүбэтэхтэрэ. Алексей, Прокопий Есеевтэр сэриигэ иккис хомуурга барбыттара. Прокопий сэрии толоонугар охтубута, Алексей Матвеевич төннөн кэлэн салгыы учууталлаабыта. Ини-бии Дмитрий, Николай Петровтар утуу-субуу ыҥырыллан биирдэрэ Россия киин куораттарын, иккиһэ Хара муораны туораан Европа государстволарын Венгрияны, Румынияны, Австрияны босхолоон дойдуларыгар этэҥҥэ эргиллибиттэрэ. Ити курдук, ини-биилэр уокка уот, күүскэ күүс буолан өстөөҕү үлтүрүтүһэн сырдык тыынарын толук уурбуттара, ахсааннаахтара ордон иэримэ дьиэлэригэр эргиллибиттэрэ.
Сэрии кэмигэр, ханна баҕарар буоларын курдук, үлэни кыайар дьон сэриигэ баран, кинилэр оннуларыгар оҕо-дьахтар аймах, кырдьаҕастар эрэ хааланнар сэриигэ барбыт дьоннорун суохтаппакка, төһө да сут-кураан, аччык буоллаллар, ханнык да үлэттэн туора турбакка, холкуос баайын энчирэппэт туһугар күнү-түүнү билбэккэ үлэлээбиттэрэ.
1934-1943 сс. Куокуну нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн Генеров Федор Иванович үлэлээбитэ. Онтон 1943-1949 сс., араас салайар үлэҕэ сыстыбыт, дьоҕурдаах Амукова Мария Иевлевна үтүө суобастаахтык, ньир-бааччы салайан кэлбитэ. Мария Иевлевна сэрии бириэмэтигэр, кэннигэр ыарахан сылларга нэһилиэгин табатык салайан, элбэх дьону өлөр-өлүүттэн өрүһүйбүт, саҥа олоҕу салайсыбыт улахан дьоһуннаах салайааччынан биллэр. Ол саҕана нэһилиэк 4 холкуоһунан тарҕанан олорбут. «Пионер» холкуос -Тэҥкэ сиригэр, «Чкалов» — Быйакыга, «Серго кэриэһэ» — Куокунуга уонна «Свердлов» холкуос – Элгээн түбэтигэр тайаан, тарҕанан, бытанан олорбуттара.
1941 с. Куокуну нэһилиэгэр барыта 237 хаһаайыстыбанан 807 киһи олорбут,13 киһи төрөөбүт, 38 киһи өлбүт. Онтон 1943 с. хаһаайыстыба ахсаана 151, дьон ахсаана 634 буолбут. 16 оҕо төрөөбүт, 23 киһи өлбүт. Уопсайынан бу 3 сыл иһигэр хаһаайыстыба, дьон ахсаана барыта таҥнары барбыт. Бу сэрии сылларыгар 76 киһи үлэ фронугар Туруктанан, Сунтаарынан ыал ыалынан барбыттарынан, үгүстэр аһыыр-таҥнар кыһалҕаттан атын сирдэргэ көспүттэринэн, олох-дьаһах кытаанах усулуобуйаламмытынан, элбэх киһи өлөн-сүтэн суох буолбутунан быһаарыллар. Онтон 1945 с. хаһаайыстыба ахсаана 170 буолбут, дьон ахсаана 516-ҕа тэҥнэспит.
Сэрии сылларыгар 4 холкуоһунан бытанан олорбут нэһилиэги, нэһилиэк сэбиэтэ уонна депутаттар биир өйүнэн-санаанан салайан олорбуттара.
Нэһилиэк холкуостара 1941 с. 2 типовой, 2 тупсарыллыбыт, 2 туруорбах хотоннорго былаан быһыытынан 417 сүөһү оннугар 342 ынах сүөһүнү тутан олорбуттар. Бу сүөһүлэртэн 23 туһата суох өлбүт, төрөөбүт 101 ынахтан 38 ньирэй өлбүт. Маны таһынан 428 сылгылаах эбиттэр. 1945 с. хотоннор ахсааннара 14 буолбут да, сүөһү ахсаана улаханнык элбээбэтэх, барыта 500 оннугар 527 ынах сүөһүнү иитэн, былааннарын 104,13 бырыһыан толорбуттар, Ол иһиттэн 15 сүөһү туһата суох өлбүт, 141 ынах төрөөбүтүттэн 63 ньирэй өлбүт, Сылгы ахсаана 456-ҕа тиийбит, Бу сэрии сылларыгар кураан, сут дьыллар тураннар сүөһү ахсаана биллэрдик элбээбэтэх, төрүөх ньирэйдэр эмп-томп, иҥэмтэлээх аһылык суоҕуттан өлүүлэрэ элбээбит, 1941 с. нэһилиэк үрдүнэн 180 таба баар буоллаҕына, 1945 с. 172 буолбут, көрдөрүү куһаҕана суох, Урут тиэйэр-таһар үлэ, хомуур үлэтэ барыта көлө күүһүнэн толоруллара, 1941 с. нэһилиэк холкуостара 101 үлэһит аттаах, 24 көлүүр оҕустаах уонна 84 көлүүр табалаах эбиттэр, 1945 с, бу ахсаан туһааннааҕынан ат — 78, оҕус — 19, таба — 84 уруккутунан буолбуттар,
1941 с. 101 төрөөбүт ынахтан 43732 кг үүтү ыан, биирдин ынахтан 433 кг үүтү ыыры ситиспиттэр, барыта 1662 кг арыы астаммыт, 84 биэттэн 48 төрөөн 370 кг кымыстаммыт, 1945 с. төрөөбүт 141 ынахтан 242991 кг үүтү ыан, биирдин ынахтан 551 кг тэҥнэспит. 72 биэттэн 58 төрөөн, барыта 3250 кг кымыс оҥоһуллубут, Төһө да умайар уот кураан турдар, олорор, үлэлиир усулуобуйа куһаҕанын үрдүнэн холкуостаахтар үтүө суобастаах үлэлэрин түмүгэр, 1945 с. сүөһү төрөөһүнэ, үүт ыама, кымыс оҥоһуута биллэрдик элбээбит. Оччотооҕу холкуос, нэһилиэк салалтата биэ кымыһа киһи доруобуйатыгар туһалааҕын билэн, хас биирдин холкуостарынан биэни ыатан, кымыстатан элбэх оҕону-киһини араас ыарыыттан, аччыктааһынтан өрүһүйбүт буолуохтаахтар.
Маны таһынан олохтоохтор кыанар өттүлэрэ кэтэх сүөһүлээх, хаһаайыстыбалаах этилэр. 1941 с. чааһынайдарга барыта сылгылыын 755 сүөһү баар эбит,онтон 1943 с. 305 диэри аҕыйаабыт, ол эбэтэр 60 бырыһыан таҥнары түспүт. Ол биричиинэтинэн 1941- 1943 сс, уот кураан буолан, от үүммэтэҕинэн уонна олорор, үлэлиир усулуобуйа куһаҕаныттан элбэх өлүү-сүтүү тахсыбытынан быһаарыллар. Онтон 1944 с. арыый көнөн, 1945 с. сүөһү ахсаана 550 тиэрдиллибит.
1945 с. «Пионер» уонна «Серго кэриэһэ» холкуостар хомуур уонна ыһыы массыыналарынан арыый хааччыллыылаах эбиттэр. «Чкалов» холкуос 4 булууктаах, 7 бороонньулаах, «Свердлов» холкуос 7 булууктаах, 7 бороонньулаах эбиттэр, Молотилка, веялка, от охсор, мунньар, бурдук ыһар, быһар массыыналар «Пионер» уонна «Серго кэриэһэ» холкуостарга эрэ баар эбиттэр, 1945 с. нэһилиэк үрдүнэн 2 молотилка, 2 веялка, 4 от охсор, 6 мунньар, 3 бурдук ыһар, 5 быһар, 2 культиватор, 40 булуук, 42 бороонньу баар буолбут, Оччолорго бу техникалар бары көлүүр аттарынан, оҕустарынан состоруллан үлэлииллэрэ, Онон холкуостар үчүгэй кыахтаах, тардыылаах хаамыылаах көлүүр аттарын, оҕустарын үчүгэйдик көрөллөрө-харайаллара. Сэрии бириэмэтигэр хаалбыт кырдьаҕастар, улаатан эрэр уолаттар, кыргыттар үлэни барытын кыһыл илиилэринэн сир боҕонү солоон, оҕуһунан, атынан эрэй бөҕөнөн сир хорутан, бурдук ыһан, от бөҕөнү оттоон, сүөһү ииттэн, тыыннаах хаалар туһугар, өстөөхтөрү кыайар туһугар үлэ фронугар, сынньанары билбэккэ, үлэлээн кэллэхтэрэ, Сэрии сылларыгар нэһилиэк үрдүнэн барыта, быһа барыллаан, 252 га бурдук ыһар буола сирэ баара биллэр.
Уопсайынан, сэрии сылларыгар холкуоска да, олохтоохторго да, элбэх нолуок, государственнай төлөбүрдэр, госпоставкалар түһэриллэллэрэ. 1940 с. саҕалаан биирдии ыалтан да, холкуоһунан да бу бары төлөбүрдэр син бириэмэтигэр төлөнөн испиттэр.
Тыылга хаалбыттар геройдуу үлэлэрин түмүгэр сүөһү ахсаана холкуостарга 1945 сылга сэрии иннинээҕи таһымы ынахха — 154 бырыһыан, сылгыга – 106 бырыһыан, табаҕа — 124 бырыһыан аһара түспүтэ. Ити тыылга хаалбыт оҕо-дьахтар, оҕонньор-эмээхсин тоҥору-хатары, аччыктыыры аахсыбакка, утуйар ууларын умнан туран үлэлээбиттэрин түмүгэ буолар. Итини сэргэ 1940 с.саҕаламмыт кураан сыллар, дьон-сэргэ хоргуйуутугар тиэрдибитэ, холкуостаахтар кэтэх хаһаайыстыбалара кэхтибитэ. Куокуну нэһилиэгиттэн сэрии сылларыгар аччыктааһынтан, араас ыарыыттан барыта 135 киһи өлөн суох буолбуттара, бу иһигэр элбэх оҕо баара.
Сэрии бириэмэтигэр ордук таһаарыылаахтык үлэлээбит 10 холкуостаах стахановец үрдүк аатын ылбыттара. Ол курдук, Семенов Кирилл Афанасьевич – 1943-1944 сыллааҕы республиканскай конкур кыайыылааҕа, Данилов Иван Михайлович – от үлэтигэр республиканскай конкурс кыттыылааҕа, Павлов Тит Михайлович – от үлэтигэр республиканскай конкурс кыттыылааҕа, Тохтонов Самуил Иванович – холкуос ударнига, Павлова Матрена Игнатьевна – оройуон конкурсун кыттыылааҕа, холкуос ударнига, Генерова Анна Петровна – холкуос ударнига, Иевлева Анастасия Кирилловна – холкуос ударнига, Игнатьева Матрена Гаврильевна – холкуос ударнига, Федоров Афанасий Михайлович – холкуос ударнига, Амонов Иван Михайлович – холкуос ударнига.
Сэрии сылларыгар биһиги аҕаларбыт, ийэлэрбит, убайдарбыт, эдьиийдэрбит биһиги туспутугар, кэнчээри ыччаттарын олохторо огдолуйбатын туһугар үлэ фронугар геройдуу үлэлээн, олорон кэлбиттэрэ үйэлэргэ умнуллуо суоҕа.