Перейти к основному содержимому

Куокунинская сельская библиотека

Куокуну туһунан хоһооннор

Куокуну – мин дойдум.

Илья Иевлев тыллара уонна мелодията.

Оҕо саас салгына
Сүрэхпэр минньигэс,
Барҕа баай быйаҥҥар
Дуоһуйа улааппыт.

Хос ырыата:
Күн Ийэ дойдубун
Куруутун саныыбын
Куокуну, Куокуну,
Куокуну – мин дойдум.

Сибэкки симэхтээх,
Чагда күөх мырааннаах,
Уйгу, дьол олохтоох
Чулуу дьон дойдута.

Бу Бүлүү биэрэгэр
Чэлгийэ сайда тур
Дьол, олох аартыгар
Ыччаккын тарда тур.

Мин дойдум Куокуну

Платонов Г.Н.

Көнө, хочо сыһыылаах
Хотоол, хонуу алаастаах
Мунду, собо балыктаах
Элбэх чүөмпэ күөллэрдээх.

Бу барыта мин дойдум
Ыллыыр, туойар Куокунум
Сайдан, үүнэн чэчирээ
Саҥа үүммүт үйэҕэ.

Үлэ, үөрэх аргыстаах
Айар, тутар ыччаттаах
Кэлэр кэми түстэһэр
Хоһуун үлэһит дьоннордоох.

Бүлүүм кэрэ кытыла
Саҥа кэмҥэ кэскиллээх
Сайдар-үүнэр эрэллээх
Таптыыр сирбит Куокуну.

Табаҕа вальса.

Алексей Андреев – Мас Кэнчээри тыла уонна мелодията

.

Таптал кыымын түөскэ саҕар
Талым кэрэ бааһына
Сарыал кыыһар саҕах анна
Саҥа Дьикти Табаҕа.

Тапталлаахпын санатар
Талба хатыҥ намчытыан,
Кустук өҥүн түһэрэр
Ньургуһунун кэрэтиэн.

Түһээт силис тардынар
Туорах бурдук ньургунуон,
Сылын ахсын дьоллоох буолар
Эдэр ыччат чэбдигиэн.

Тэтим үлэ сайдыы күүһүгэр
Биһиктэммит бааһына,
Айар-тутар ыччат киинэ
Албан аатыр Табаҕа.

Куокуну – мин дойдум.

Валерий Михайлов тыллара уонна мелодията.

Күөх хайа урсуна,
Киэҥ бурдук урсуна,
Көстөр дии ыраахтан
Куокуну барахсан.

Хос ырыата:
Кыыс кэрэ, кыыс кэрэ,
Куокуну сирдэрэ.

Уйгулаах Табаҕа
Угуйар кэрэҕэ,
Эдэр саас үлэҕэ
Эрчимин күрэҕэ.

Куокуну, Куокуну
Туойаҕын уйгуну.
Аартыккыт арыллан
Алгыспыт туолуохтун.

Эр санаа, эр санаа
Үүн-сайын, эр санаа.
Баар манна тапталым,
Баар манна мин дьолум.

Сирдээҕи сулуһум –
Сирэм күөх Куокунум.
Күн сирэ – Куокуну
Куокуну – мин дойдум.

Сардаан сибэкки

Лия Кириллина

Уһун кытыл устун хааман иһэн,
Ыраахтан көрөбүн эйигин.
Угуйар курдук, кытара тэтэрэн,
Ыҥыраҕын ырыаҕынан миигин
Сахам сирин самаан сайынын
Сиэдэрэй симэҕэ –
Сыһыы сырдык сардаҥата,
Сардаана сибэкки.

Ити аата мин дойдубар.

Лия Кириллина

Сайын кэлбит үөрүүтүн үллэстэ
Ыһыах ыһар сахабыт үгэһэ.
Үөрүү-көтүү ыраахтан иһиллэр,
Дьол тойуга пааркаҕа дьиэрэйэр.

Сарсыардаттан кэриигэ
Кэҕэ көтөр эттэ,
Сибэккилээх сыһыыга
Сардаана тэтэрдэ.
Ити аата мин дойдубар
Самаан сайын кэллэ,
Тапталлаах мин Куокунубар
Сүрэх үөрэр кэмэ.
Эһиэкэй ньиргийэр
Үрүҥ түүн үөһүгэр,
Күүскэ күүс эбиллэр –
Эдэр саас эргийэр.

Саҥа күн, көмүс сардаҥа
Дууһаны ыраастыа,
Күөх оттоох чээлэй хонууга
Хоммут санаа астыа.
Ити аата мин дойдубар
Самаан сайын кэллэ,
Тапталлаах мин Куокунубар
Сүрэх үөрэр кэмэ.

Куокуну – ытык алаһам.

Лия Кириллина

.

Сайыҥҥы күн сылаас-сылаас,
Күөх халлаан ыраас-ыраас –
Хатыҥ чараҥ устун хаамабын.
Хонууга араас-араас
Стбэкки чараас-чараас
Дууһата ыллыырын истэбин.

Куокуну – ытык алаһам,
Таптыыр сүрэх анала,
Дууһам иэйэр аргыһа,
Сырдык санаам чаҕыла.

Сүрэҕим миэнэ ыллыыр бүгүн –
Доҕотторбун көрсөммүн,
Дойдубар эргиллэммин,
Дойдум кэрэ айылҕатын,
Дьоллоох мин оҕо сааспын
Ханна да буолуум ахтабын!

Төрөөбүт дойдубар.

Денис Петров

.

Ыраах сылдьан ахтарым
Ордук күүһүрэр мин дойдубар,
Мин тапталым эйиэхэ
Сууруллар мин тылларбар.

Хас көлүөнэ ааста,
Ааһыа өссө аттыгынан,
Киэн туттабын соҕотох
Улуу ийэ дойдубунан.

Ыраах суолтан сылайан
Куокунубар эргиллэн кэлиэҕим,
Бүлүү эбэм барахсан
Кытылларын кэрийиэҕим.

Аһатыам иччилэрбин
Чороон алгыстаах тылбынан,
Көтүөҕүм үрүҥ атынан
Төрөөбүт ийэ дойдубунан.

Тыал буолан, кэпсээ дуу миэхэ
Өбүгэм олоҕун барытын,
Ханна үктэммитэй кини
Сылдьыбыт дьиҥ сырыыларын.

Сипсий дуу, ааспыт боотурдар
Кыргыс сэриилээх кэмнэрин,
Кэнэҕэски ыччат олоҕун
Туох манна кэтэһэрин.

Өйдүүбүн кэрэх маска
Аҕам оҕонньор бэлэх уунарын,
Тугу эрэ сипсийээт
Ытыһын силискэ уурарын.

Онтон билигин мин
Оҕобун кытары турабын,
Аҕам курдук эмиэ
Илиибин онно мин уурабын.

Охтор-өлөр күммэр
Оҕолорбор кэриэс тылбын этиэҕим,
Ийэ дойдум сымнаҕас буоругар
Эргиллэммин кэлиэҕим.

Дьонум, доҕотторум
Кэккэлэригэр сэһэргиэм,
Дойдуга туох буола турарын
Баарына барытын кэпсиэм.

Атыылаама төрөөбүт ийэ дойдугун
Таптаа, эн харыстаа,
Туохпут хаалыай бу кэннэ
Сиэннэрбитигэр, эн толкуйдаа.

Аһын баай тыабытын,
Өрбүт уһун быабытын,
Үйэ саас тухары
Ылланар биһиги ырыабытын.

Куокуну – мин дойдум

Вилюрия

Куокунум көрсүө сэмэй дьонугар
Куолаһым дорҕоонун тиэрдиэҕим,
Өрүһүм хайалаах биэрэгэр
Куокунум туһунан ыллыаҕым.

Күөрэйэр күннээх,
Күөрэгэй ырыалаах,
Сардаана кытыллаах,
Куокуну – мин дойдум

Саас аайы кэҕэ этэр айдаана
Чуумпу Куокунубун аймыыра,
Тоҥ буортан нарыннык быгара
Күөх нарын сибэкки ньургуһун.