Генеров Федор Иванович
1896 сыллаахха терөөбүтэ. Нэһилиэк сайдыытыгар ыыппыт үлэлэрэ: 1934 – 1943с.с. — Куокуну нэһилиэгин сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн анаммыта. 1934 с. – Алтынньы ый 14 күнүгэр Куокуну нэһилиэгэ үөскээбитэ. 1937 с. – “Чкалов” холкуос тэриллибитэ . 1935 с. — Бастакы ааҕар балаҕан аьыллыбыта. 1941 с. – Куокунуга, Тэҥкэ5э биирдии оскуола уонна ларек үлэлиирэ. Нэһилиэк холкуостара сэрии сылларыгар ынах сүөһүнү, сылгыны уонна табаны тутан олорбуттара. Эти, арыыны государствоҕа туттарар былааннарын сыл аайы толороллоро. 1941 с. – ынах сүөһү ахсаана 342 төбө, сылгы төбөнөн ахсаана 428, таба 180 баара. Нэһилиэк дьоно сэрии сылларыгар булгуччулаах нолуоктары: заемҥа сурутууну, байыаннай нолуогу, оһох нолуогун ( оттук мас иһин төлөбур), эт, арыы туһээннэрин, суол оҥоруутун барытын толороллоро.Нэһилиэккэ 147 ыал ампаар дьиэ туттан , 35 ыал туруорбах балаҕаҥҥа, 16 ыал хотону кытта холбуу олорбуттара. Генеров Федор Иванович дьоҥҥо – сэргэҕэ тылын – өһүн ылыннарар, түмэр, тэрийэр дьоҕурдаах буолан, нэһилиэк сэбиэтин исплкомун бэрэссэдээтэлинэн ананнаҕа. Нэһилиэккэ олорор дьон бары коллективнай хаһаайыстыба ордугун өйдөөн холкуостарга чилиэнинэн киирбиттэрэ. Дьон олоҕо – дьаһаҕа тупсан испитэ, нэһилиэккэ холкуостар тэриллэн хаһаайыстыба быһыытынан бөҕөргөөбүттэрэ.
Амукова Мария Иевлевна( 1920 – 1998)
1920 сыллаахха Куокуну нэһилиэгэр орто бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.1933 -1935 с.с. – Куокунуга 3 кылаастаахначальнай оскуоланы бүтэрбитэ.
Олоҕун кэрчик сыллара:
1936 с. — Тойбохойго сүөһү көрөөччулэр курстарыгар үөрэммитэ.
1937 — 1938с.с. – “Диктатор” холкуоска ыанньыксытынан үлэлээбитэ.
1939 с. – Сунтаарга ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйдэрин биир ыйдаах курстарыгар үөрэммитэ, Куокуну нэһилиэгэр ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ уонна сэбиэттэр быыбардарыгар Куокуну олохтоох сэбиэтин солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта.
1941 с. – “Чкалов” холкуоска ыанньыксытаабыта.
1943 – 1949 с.с. – Куокуну нэһилиэгин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн анаммыта.
1945 с. – Республикаҕа бастыҥ сэбиэттэр ахсааннарыгар киирэн мунньахха кыттыыны ылбыта.
Наҕараадалара: 1947 с. – “Саха АССР хаһаайыстыбатын уонна культуратын сайдыытыгар ситиһии” Саха АССР Верховнай Советын Президиумун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.
Нэһилиэк сайдыытыгар ыыппыт үлэлэрэ: 1943 с. – Государственнай интернат аһыллыбыта.
1945 с. –Тыылга хаалбыттар геройдуу үлэлэрин түмүгэр сүөһү ахсаана холкуостарга сэрии иннинээҕи таһымы ынахха – 154 бырыһыан, сылгыга –106 бырыһыан, табаҕа– 124 бырыһыан аһара түспүтэ.
1945 с. – Нолуогу , заему төлөөһүҥҥэ оройуоҥҥа бастакы миэстэни ылбыттара.
1946 с. – Бастакы балыыһа аһыллыбыта.
1946 с. – Сельскэй кулууп үлэтин саҕалаабыта.
1948 с. – Аһылыкка анаан сэлиэһинэйи, дьээриһэни, ньэчимиэни, күһүҥҥү оруоһу, эбиэһи,хортуосканы олордон саҕалаабыттара.
1948 с. — Хортуосканы “Свердлов” холкуос 1,2 га олордубута. 1948 с. — Нэһилиэк бюджета толоруллан испитэ.
Амукова Мария Иевлевна сатабыллаах тэрийээччи, сэрии сылларыгар үлэ фронугар геройдуу үлэлээн, үтүөҕэ – кэрэҕэ тардыһан, олорон ааспыт суола хаһан да умнуллуо суоҕа.
Константинов Григорий Никитич ( 1927- 1973)
1927 сыллаахха Куокуну нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. 1941 с. — Тойбохой биэс кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ.
Олоҕун кэрчик сыллара: 20.06.1942 – 01.04.1947 с.с – Чкалов холкуоска счетоводунан үлэлээбитэ.
01.04.1947 – 20.08.1949 с.с. — Куокунуга нэһилиэк сэбиэтинисполкомун секретарынан үлэлээбитэ.
20.08.1949 – 01.03.51 с.с.- Куокуну нэһилиэгин сэбиэтин испокомун бэрэссэдээтэлинэн анаммыта.
01.03.1951 – 10.03.1953 с.с. – Булганин аатынан холкуоска счетоводунан уонна ревизионнай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ. Нэһилиэк Сэбиэтигэр 2-с, 3-с, 4-с, 5-с ыҥырыылаах быыбардарыгар депутатынан быыбардаммыта.
10.03.1953 – 1973 с.с. – Куокуну нэһилиэгин сэбиэтин исполкомун секретарынан үлэлээбитэ.
Наҕараадалара : 07.11.1947 с. — “1941 – 1945 с.с. Үлэҕэ килбиэнин иһин” медалынан наҕараадаламмыта.
Нэһилиэк сайдыытыгар ыыппыт үлэлэрэ:
1945 с. – 2 молотилка, 2 веялка, 4 от охсор, 6 мунньар. 3 бурдук ыһар, 5 быһар, 2 культиватор, 40 булуук, 42 бороонньу баар буолбута.
1949 с. – “Кырдал” фермата тутуллубута.
1949 – 1950 с.с. – Нэһилиэк бюджета толоруллан испитэ, оскуола, балыыһа, ааҕар балаҕан үбүлэнэллэрэ, ону таһынан оскуола оттугун, учууталлар коммунальнай өцөлөрүн үбүлээьини нэһилиэк сэбиэтэ хааччыйарын ситиспитэ.
1949 с. – Бастакы киинэ көрдөруллубутэ.
1950 с. – Ынах сүөһу ахсаана 666 төбө, сылгы төбөнөн ахсаана 550 буолбута. 1950 с. – Хортуоска ыһыытын “Свердлов” холкуос 2,6 га тиэрдибитэ.1950 с. – “Серго Кэриэһэ” холкуос хортуоска олордон саҕалаабыта.1950 с. – Куокуну, Тэҥкэ начальнай оскуолаларыгар биирдии государственнай интернат үлэлээбитэ.
Константинов Григорий Никитич сэрии кэнниттэн дойдуну чөлүгэр түһэрии сылларыгар нэһилиэк холкуостарын материальнай – техническэй баайдара, экономикалара сайдалларыгар, дьонун – норуотун туһугар үлэлээн ааспыт олоҕо үтүө холобур буолар.
Генерова Фатина Ивановна
1951 – 1952 с.с. – Кокуну нэһилиэгин сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
Степанов Михаил Васильевич(1924 – 2008)
1924 сыллаахха Куокуну нэһилиэгэр дьадаҥы ыалга төрөөбүтэ, ыарыһах буолан алта кылаастан өрө тахсан үөрэммэтэх хомолтолоох.
Олоҕун кэрчик сыллара:
1940 с.- Райсовет инструктора.
1941 – 1942 с.с. – Советскай Армияҕа ыҥырылла сылдьыбыта, ыалдьан төннөн кэлбитэ.
1942 – 1943 с.с. – Чакыр нэһилиэгин (Күндэйэ) сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ .
1943 с. – Райсовет инструктора.
1944 -1945 с.с. – Илимниир нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
1945- 1946 с.с. – Совпартшколаҕа үөрэммитэ.
1947 – 1951 с.с. – Кириэстээх нэьилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ.
1952 – 1987 с.с. – Куокуну нэһилиэгин сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитэ.
Наҕараадалара:
1971 с. — Үлэ Кыһыл Знамя уордьан кавалера.
1977 с. — Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын утуөлээх улэһитэ , үлэ ветерана ”В.И.Ленин төрөөбүтэ 100 сылын туолуутунан килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээл хаһаайына . Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Кыайыы юбилейнай мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Сунтаар улууһун Бочуоттаах олохтооҕо.
Нэһилиэк сайдыытыгар ыыппыт үлэлэрэ:
1952 – 1953 с.с. – Телефон, радио линията тардыллыбыта.
1954 с. – Ыал ахсын радио киирбитэ, үс точкалаах телефон коммутатора үлэ5э киирбитэ.
1953 с. – Бастакы сельскэй библиотека аһыллыбыта.
1955 с. – Бастакы дизельнэй станция уоту биэрбитэ.
1955 с. – Табаҕа ойуурун уонна кырыстаах сирин туһаҕа таһааран, бааһыналары оҥоруу саҕаланар.
1958 с. – Бастакы пекарня үлэлээбитэ.
1959 с. – Маслоцех үлэлээбитэ.1963 с. – Ветеринарнай пуун тэриллибитэ.
1965 с. – Бастакы сибээс уонна сбербанк отделениета аһыллыбыттара.
1967 с. – 50миэстэлээх дьааһыла- саад аһыллыбыта.
1968 с. – Икки этээстээх кулууп тутуута саҕаламмыта.
1970 с. – 250 миэстэлээх культура дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ. 1972 с. – ГЭС уота киирбитэ.
1975 с. – Телевизор күөх уота умайбыта.
1978 с. – АТС улэҕэ киирбитэ.
1983 с. — Икки этээстээх оскуола тутуллубута.
Степанов Михаил Васильевич советскай – партийнай үлэҕэ олоҕун анаабыта, нэһилиэк сэбиэтин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир кэмнэригэр бүтүн Сунтаар оройуонугар бастыҥ үлэлээҕинэн биллибитэ. Степанов М.В. үлэлээбит сылларыгар Куокуну сэбиэтэ бүтүн Россиятааҕы куоталаһыыга (1977 с.) бастаабыта. Ол курдук РСФСР – 2 , оройуонтан – 5 , онон барыта 7 Кыһыл Знамяны илдьэ олорбута. Степанов Михаил Васильевич олорон ааспыт олоҕо, төрөөбүт нэһилиэкпит сайдарыгар ыыппыт үлэтэ хаһан да умнуллуо суоҕа.
Гаврильев Николай Николаевич
07.06.1951 с. — Ньурба оройуонунЫнахсыт нэһилиэгэр сулууспалаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ.
1970 с. – Ньурба бастакы нүөмэрдээх орто оскуолатын бүтэрбитэ.
Олоҕун кэрчик сыллара:
1973 – 1976 с.с. — Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэн агроном идэтин ылбыта.1976 -1978 с.с. – “Кириэстээх”совхоз Куокунутааҕы отделениетыгар оҕуруот биригэдьииринэн анаммыта.
1978 – 1984 с.с. – “Кириэстээх” совхоз Куокунутааҕы отделениетын управляющайынан анаммыта.
1986 с. – СГУ кэтэхтэн уөрэнэн зооинженер идэтин ылбыта.
1987 – 1993 с.с.- Куокунунэһилиэгинсэбиэтин испокомун бэрэссэдээтэлинэн быыбардаммыта.
1993 – 2003 с.с. – Куокуну нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгынан анаммыта.
Наҕараадалара: Өр сыллаах үтүө суобастаах үлэтэ “Пятилетка ударнига” бэлиэнэн, элбэх грамоталарынан бэлиэтэммитэ. Комсомол, коммунистическай партия уобаластааҕы конференцияларын делегатынан талылла сылдьыбыта. Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай сулууспаҕа советнига.
Нэһилиэк сайдыытыгар ыыппыт үлэлэрэ:
Табаҕа сирин оҥоһуутун кэҥэтиигэ, сүөһү сиир аһылыгын уонна сиртэн ылыллар бородууксуйа кээмэйин үрдэтииигэ дьоһуннаах үлэни ыыппыта. Үлэһит дьону кытта үлэлииригэр нэһилиэги (атын сирдэргэ курдук саҥа капиталистическай систиэмэҕэ көһүү сылларыгар) ыспакка үлэни – хамнаһы мөлтөппөтөҕө. Гаврильев Николай Николаевич нэһилиэк тэрилтэлэрин түмэ тардан общественнай тэрилтэлэр ( төрөппүт комитета, кырдьаҕастар сэбиэттэрэ, табаарыстыы суут, ДНД) үлэлэрин былааннаан үлэлэппитэ. Рынок систиэмэтигэр киириинэн сибээстээн, Сир кодексата этэринэн,ходуһа сир түүлэһиигэ эрэ бэриллэр буолбута. Онон уһаппакка хаһаайыстыбаҕа хас киһи баарынан сири түүлэһиигэ түҥэтиининэһилиэк баһылыга Гаврильев Н.Н. сөпкө саҕалаабыта.
Винокуров Валерий Константинович
28.11.1950 с. — Алексеевскай оройуон Ытык – Күөл сэлиэнньэтигэр холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөөбүтэ.
1970 с. – Чурапчытааҕы спортивнай – интернат оскуоланы бутэрбитэ.
Олоҕун кэрчик сыллара:
1971 – 1975 с.с. – Казахстан государственнай физкультурнай институтун уөрэнэн бүтэрбитэ.
1975 – 1976 с.с. – Тойбохой интернат оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлээбитэ.
1976 – 1977 с.с. – Элгээйи оҕо — спортивнай оскуолатыгар тустууга тренеринэн үлэлээбитэ
1977 – 1979 с.с. – Ленин орденнах “Элгээйи” совхоз комсомольскай тэрилтэтин босхоломмут секретарынан анаммыта.
1979 – 1985 с.с. – Аллаҥа аҕыс кылаастаах оскуолатыгар физкультура учууталынан үлэлээбитэ.
1985 – 1990 с. с. — Сунтаар оройуонун физкультураҕа уонна спортка комитетын бэрэссэдээтэлинэн анаммыта.
1990 – 1992 с.с. – Сунтаардааҕы лесной оскуола директрынан үлэлээбитэ.
1992 – 1993 с.с. – Сунтаар райсоветын тэрийэр салаатын сэбиэдиссэйинэн анаммыта.
1993 – 1995 с.с – Сунтаар улууһун туризмҥа, эдэр ыччатка, физическай культураҕа уонна спортка дьыалаларыгар салайааччынан үлэлээбитэ.
1995 – 2003 с.с. – Сунтаар улууһунадминистрациятыгар отдел салайааччытынан анаммыта.
2003 – 2005 с.с. – Куокуну нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгынан анаммыта.
2005 – 2007 с.с. – Куокуну нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгынан быыбардаммыта.
2007 – 2010 с.с. — Куокну нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгынан быыбардаммыта .
2016 сылга КСК “Кустук” директорынан ананан үлэлээбитэ. Наҕараадалара: 1973 с. – СССР спортка маастара аат иҥэриллибитэ.
1980 – 1985 с.с. – Аллаҥа нэһилиэгин сэбиэтин народнай депутата. 1990 – 1995 с.с. – Сунтаар оройуонун сэбиэтин народнай депутата.
2006 с. — Нэһилиэк бастыҥ баһылыга.
2006 с. – Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай сулууспаҕа советнига. 2007 с. – Нэһилиэк бастыҥ баһылыга.
2007 с. – Сунтаар улууһун үрүҥ көмүс бэлиэлээхБочуотунай грамотатынаннаҕараадаламмыта.
2009 с. –Физическай культураҕа уонна спортка ветерана.
2009 с – Саха Өрөспүүбүлүкэтин муниципальнай сулууспаҕа туйгуна.
2010 с. – Сунтаар улууһун үрүҥ көмүс бэлиэлээх Бочуотунуай грамотатынан наҕараадаламмыта.
2010 с. — Саха Өрөспүүбүлүкэтин физическэй культураҕа уонна спортка сайдыытыгар үтүөлэрин иһин бэлиэ хаһаайына.
2016 с. – Саха Сиригэр тустуу сайдыытыгар үтүөлэрин иһин бэлиэ хаһаайына.
Нэһилиэк сайдыытыгар ыыппыт үлэлэрэ:
2009 с. – 35 миэстэлээх оҕо саада тутуллан үлэҕэ киирбитэ.
2009 с.- олохтоох дьаһалтаны уонна оҕо саадын итиинэн хаачыйар саҥа котельнай тутуллубута.
2010 с. — ФАП дьиэтэ тутуллубута.
2010 с. – ОДьКХ улахан кыамталах котельнайа тутуллан улэҕэ киирбитэ.
Винокуров Валерий Константинович сүрүн болҕомтотун социальнай тутуулары ыытыыга, дьон – сэргэ олоҕүн чэпчэтэргэ уурбута, эдэр ыччаты түмэн араас курэхтэһиилэри тэрийбитэ, түөлбэлэр үлэлэрин сэргэхтик ыыппыта.
Михалев Леонид Петрович
03.03.1973 с. — Сунтаар улууһун Тойбохой нэһилиэгэр төрөөбутэ. 1992 с. – Куокуну орто оскуолатын бүтэрбитэ.
Олоҕун кэрчик сыллара:
2006 с. – СГУ история салаатын бутэрбитэ.
1997 – 2010 с.с. – Кириэстээх орто оскуолатыгар история уонна обществознание учууталынан үлэлээбитэ.
2010 с.- Куокуну нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгынан быыбардаммыта.
2015 с. – Куокуну нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыгынан быыбардаммыта.
Наҕараадалара:
2018 с. – Сунтаар улууһун Бочуотунай грамотатынан наҕараадаламмыта.
2018 с. – Саха Өрөспүүбүлүкэтин бэйэни салайыныыга Департаменын махтал суругунан наҕараадаламмыта.
Нэһилиэк сайдыытыгар ыыппыт үлэлэрэ :
2010 – 2011с.с. – Эргэ тутуулары көтүрүү үлэтэ саҕаламмыта.
2010 с. – Аргылааһыны утары үлэ күүскэ барбыта, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Президена ылыммыт уурааҕар олоҕуран арыгыны атыылааһын хааччахтаммыта.
2010 с. — 2010 с. – Уотунан ититиигэ 13 ыал киирбитэ.
2010 с. – Куокуну – Крестях суолугар ремонт үлэтэ саҕаламмыта. 2012 с. – Водовоз ылыллыбыта.
2013 с. –Куокуну нэһилиэгин генеральнай былаана “Якутпроект” тэрилтэҕэ сакаастаан оҥоһуллубута.
2013 с. – Арочнай типтээх гараж тутуллан үлэҕэ киирбитэ.
2013 с. –Уулусса уотун тупсарыыга үлэ саҕаламмыта.
2013 с. – Билайн сотовай сибээс киирбитэ.
2014 с. – МФЦ арочнай тутуута саҕаламмыта.
2014 с – Уотунан ититиигэ 51 ыал киирбитэ .
2014 – 2016 с.с. – Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга программа оҥоһуллан үлэлээбитэ.
2016 с. – МФЦ арочнай тутуу үлэҕэ киирбитэ.
2016 с. – Уотунан ититиигэ 89 ыал киирбитэ.
2017 с. – “Куокуну нэһилиэгин албан аата” сквер тутуллубута.
2017 с. – Спортивнай уонна роликовай площадка тутуллубута.
2018 с. – Орто нэһилиэктэр икки ардыларыгар ыытыллыбыт комплекснай спартакиада түмүгүнэн, бастакы миэстэни ылан “Синтай” тракторынан наҕараадаламмыта
2018 с. – Уотунан ититиигэ 111 ыал киирбитэ.
2018 с. – Ууну ыраастыыр станция турбута .
2018 с. – Цифровой телевидение 20 канала холбоммута.
2019 с. – Нэһилиэк иһинээҕи уот линиялара СИП кабельга уларыйбыттара .
2019 с. – Нэһилиэккэ икки уот трансформатордара турбуттара .
2019 с. – Олохтоох көҕүлээһини өйүүр программанан сайыҥҥы водопровод турбалара тардыллыбыттара.
Михалев Леонид Петрович олохтоох бэйэни салайыныыга нэһилиэнньэ олоҕун таһыма , дьиэ кэргэн экономиката олохтоох былаас миэстэтигэр хайдах үлэлиириттэн – хамныырыттан быһаччы тутулуктааҕын билэн сатабыллаахтык үлэлиир.