Notice: Функция _load_textdomain_just_in_time вызвана неправильно. Загрузка перевода для домена fluida была запущена слишком рано. Обычно это индикатор того, что какой-то код в плагине или теме запускается слишком рано. Переводы должны загружаться при выполнении действия init или позже. Дополнительную информацию можно найти на странице «Отладка в WordPress». (Это сообщение было добавлено в версии 6.7.0.) in C:\inetpub\wwwroot\kuokunu.sunlibrary.ru\wp-includes\functions.php on line 6170 Нэһилиэк тэрилтэлэрэ — Куокунинская сельская библиотека Deprecated: Функция WP_Dependencies->add_data() вызвана с аргументом, который считается устаревшим с версии 6.9.0! Условные комментарии IE игнорируются всеми поддерживаемыми браузерами. in C:\inetpub\wwwroot\kuokunu.sunlibrary.ru\wp-includes\functions.php on line 6170
 
Куокунинская сельская библиотека

Нэһилиэк тэрилтэлэрэ

Оскуола.
Дьокууйскайга совпартоскуоланы бүтэрбит Генеров Дмитрий Иванович кэргэнинээн Оегостурова Зоя Ивановналыын Куокунуга коллективазациялааһын үлэтин ыыппыттара. 1931 сыллаахха Куокунуга бастакы оскуоланы туттарбыттара.
Бу оскуола 1931-32 үөрэх сылын саҕаланыытын туругунан үс сыллаах эбит (ол кэмҥэ оройуоҥҥа начальнай оскуолалар икки, үс уонна түөрт сыллаах эбиттэр).
1933-34 үөрэх сылыттан начальнай оскуола сэбиэдиссэйинэн Томская Елизавета Ивановна үлэлээбит. Учууталларынан Генеров Дмитрий Иванович, Попов Тимофей Николаевич уонна Иванов Харлампий Иванович үлэлээбиттэр.
1950-51 үөрэх сылыттан Куокунуга ситэтэ суох орто оскуола аһыллыбыта. 7 кылаастаах бастакы оскуола директорынан Пахомов Афанасий Егорович икки үөрэх сылыгар, 1952-53 үөрэх сылыгар Петров Николай Егорович үлэлээбиттэрэ.
Куокунуга начальнай оскуола эрдэҕиттэн сэрии сылларыттан саҕалаан, оҕону үлэҕэ иитии тэрээһиннээхтик ыытыллара. Ол курдук 1976 сылтан оскуола оҕотун производственнай биригээдэлэрэ үптээх-астаах үлэ-сынньалаҥ лааҕырдара диэн ааттанар буолбуттара. “Кочан” диэн оҕуруот аһын үүннэриигэ уонна “Эрчим” диэн отчут оҕолор үлэ-сынньалаҥ лааҕырдара тэриллибиттэрэ.
1987 сыллаахха Куокунуга орто оскуола аһыллыбыта.
1990-с сыллардааҕы олох уларыйыыта үөрэх-иитии дьыалатыгар саҥалыы сыһыаны эрэйбитэ. Ыарахан кэми этэҥҥэ туоруур сыалтан, былааннаах үлэ саҕаламмыта: оскуола материальнай базатын хаҥатыы, кадры олохсутуу, оҕону рынок сыһыаныгар бэлэмнээһин, предметтэри дириҥэтэн үөрэтии.
1993-1994 үөрэх сылыттан фермерскай кылаастар аһыллыбыттара (улуус дьаһалтатын 26.02.1993 с. № 136 дьаһала). Ити хайысха сайдан, биһирэнэн, оскуола 1998 сыллаахха республика агрооскуолаларын ситимигэр киирбитэ (улуус дьаһалтатын 05.06.1998 с. №601 дьаһала).

Оҕо тэрилтэтэ.
Оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолору оҕо тэрилтэлэригэр кииннээн иитии, улуус үрдүнэн, 60-с сыллартан саҕаламмыта. Куокунуга дьааһыла-сад 1965 сыллаахха аан маҥнай Константинов Григорий Никитич дьиэтигэр аһыллыбыта. Бастакы сэбиэдиссэйинэн Болурова Тамара Ильинична үлэлээбитэ. 1967 сыл кулун тутар ыйга саҥа детсад дьиэтэ тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Бу саҥа детсадка учуутал идэлээх Данилова Агафья Егоровна сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлээбитэ. 1971 сылга дьааһылаҕа анаан детсад дьиэтигэр салҕыы 25 оҕоҕо аналлаах эбии тутууну үлэҕэ киллэрбиттэрэ. Манна Ольга Афанасьевна Николаева, онтон анал үөрэхтээх Сергучева Евдокия Саввична пенсияҕа тахсыар диэри үлэлээбитэ. 1981 сылтан иитээччинэн, онтон 1994 сылтан сэбиэдиссэйинэн үрдүк үөрэхтээх Николаева Светлана Степановна үлэлиир.

Балыыһа.
Бастакы балыыһа сэрии кэнниттэн 1946 сыллаахха Боруллуоҕа аһыллыбытын нэһилиэк архыыбыгар ахтыллар. Икки куойкалаах саҥа тутуллубут балыыһа Оҕус укпут соҕуруу кытыытыгар, 1949 с. үлэҕэ киирбитэ. Бастакы фельдшерынан Черепанов Семен Семенович үлэлээбитэ.
Фельдшерскай – акушерскай пуун үлэтэ үчүгэй түмүктэрдээх буоларыгар мэлдьи кыһанан, күүстэрин ууран үлэлээбиттэрэ:
Черепанов Семен Семенович
Сазонова София Демьяновна
Син Таисия Владимировна
Григорьев Алексей Петрович
Григорьева Мария Петровна
Ефимов Прокопий Васильевич
Петрова Татьяна Петровна
Жукова Анна Дмитриевна
Павлова Клавдия Титовна
Егорова Светлана Ивановна
Уарова Люция Николаевна
Спиридонова Людмила Николаевна
Николаев Николай Васильевич
Федорова Елена Захаровна
Григорьева Розалия Афанасьевна
Маччасынова Нина Федоровна
Павлова Ангелина Степановна
Семенова Анна Прокопьевна.
Билигин Нина Федоровна Степанова үлэлиир.

Култуура киинэ.
Куокунуга советскай былаас иннинэ да, революция кэнниттэн 30-с сыллардаахха дылы култуура киинэ суоҕа. Аан бастаан ааҕар балаҕан 1935 сыллаахха кулун тутар 4 күнүнээҕи Сунтаар оройуонун культурнай — сырдатар отделын 14 №дээх бирикээһинэн арыллыбыта. Ити ааҕар балаҕантан саҕалаан күн бүгүн култуура дьиэтэ үлэли турар.
Куокунуга кулууп дьиэтэ 1946 сыллаахтан баар буолбута. Кулууп оччотооҕу холкуостаахтар түмсэр кииннэринэн буолбута. Манна нэһилиэк бары тэрээһиннэрэ ыытыллаллара.
1968 с. нэһилиэк олохтоохторо бэйэлэрин күүстэринэн икки этээстээх улахан кулууп тутуутун саҕалаабыттара. Ону көҕүлээччилэринэн оччотооҕу сэбиэт бэрэссэдээтэлэ Степанов Михаил Васильевич, Петров Лука Васильевич, Петров Андрей Кузьмич буолаллар. Саҥа кулууп 1970 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Оччотооҕу эдэр ыччат, нэһилиэнньэ көхтөөхтүк сылдьар сиринэн буолбута. Бу манна аан бастаан агитзоналар тэриллибиттэрэ. Кинилэр күүстэринэн араас тэрээһиннэр тиһигин быспакка ыытыллаллара. Уус – уран самодеятельность көрүүтүгэр Куокуну нэһилиэгэ инники күөҥҥэ сылдьара. Ол курдук, 1993 с. улууска ыытыллыбыт маҥнайгы айан күрэҕэр 2 миэстэни ылан, “ЗИЛ” массыынаны нэһилиэкпитигэр аҕалбыппыт. Онтон 1995 с. бастаан, оччотооҕу харчынан 15 мөлүйүөнүнэн наҕараадаламмыппыт. Бу барыта нэһилиэкпит олохтоохторун сыралаах үлэлэрин түмүгэ этэ.
Билигин үлэлии турар саҥа култуура киинэ 2015 сыллаахха үлэҕэ киирбитэ. Директорынан Валерий Константинович Винокуров, худругунан Наталья Анатольевна Егорова үлэлииллэр.

Киинэни көрдөрүү.
Куокунуга киинэни аан бастаан 1949 сыллаахха көрдөрбуттэрэ. Киинэни Сунтаартан атынан тиэйэ сылдьан нэһилиэктэр кииннэригэр сылга биирдэ эмит көрдөрөллөрө. Ол бастакы киинэлэр саҥата суох этилэр. Моторунан, ону хас да киһи солбуһан эрийдэҕинэ, электроуот тыгара.
1955 с. “КН-12” киноаппарат кэлбитэ. 1960 с. “КН-13” аппаратынан киинэни көрөр буолбуттара.
1967 с. куорат кинотеатрдарыгар үлэлиир “КПТ-3” аппаратынан киинэни көрөр кыахтаммыттара.
1971 с. Новгородов Николай Николаевич механигынан үлэлээбитэ. Кини үлэлиир сылларыгар “КПК-23” полуавтомат киноаппара кэлбитэ.

Библиотека.
Куокунуга аан бастаан ааҕар балаҕан 1935 с. Кулун тутар 4 кунугэр аһыллыбыта. Бастакы сэбиэдиссэйинэн Спиридонова Анна Дормидонтовна улэлээбитэ. Кини итини таһынан страховой агеннаабыта, кулууп үлэтин эмиэ толороро.
1935-1936 сс. Спиридонова Анна Дормидонтовна
1936-1938 сс. Яковлев Петр Константинович
1938-1940 сс. Омукова Мария Иевлевна
1940-1942 сс. Петров Степан Константинович
1945 с. Петров Егор Спиридонович
1946 с. Петров Лука Васильевич
1946-1947 сс. Степанов Михаил Васильевич
1950-1951 сс. Иванов Николай Данилович
1951 с. Генеров Александр Федорович
1954 с. Константинова Марфа Игнатьевна
1952-1954 сс. Генерова Розалия Дмитриевна
1953-1954 сс. Спиридонова Мария Гаврильевна
1954-1956 сс. Дорофеева Варвара Гаврильевна
1956-1957 сс. Иванова Любовь Никифоровна
1957 с. Уарова Мария Степановна
1960-1961 сс. Петрова Мотрена Егоровна
1961-1971 сс. Еремеева Марфа Никифоровна
1971-1972 сс. Омукова Наталья Михайловна
1972-1973 сс. Васильева Розалия Ивановна
1973-2008 сс. Данилова Екатерина Павловна
2008-2011 сс. Григорьева Розалия Егоровна
2011-2013 сс. Степанова Людмила Николаевна
2013-2017 сс. Федорова Тамара Степановна
2017 с Генерова Жанна Маратовна

Араас сылларга барыта 22 библиотекарь үлэлээн ааспыта.
Куокунуга сельскэй библиотека 1953 с. От ыйын 13 күнүнээҕи Сунтаар райсоветын исполкомун уурааҕынан тэриллибитэ. Онно бастакы библиотекарынан Генерова Розалия Ивановна ананан үлэлээбитэ. Сүүсчэкэ кинигэни ааҕар балаҕантан ылбыта. Ааҕааччы ахсаана аҕыйах этэ.
Библиотека үлэтигэр ордук чаҕылхай өйдөбүлү Иванова Любовь Никифоровна хаалларбыта. Кини бастакы инвентарнай кинигэни толорон, ис үлэтин бэрээдэктээн, общественнай үлэҕэ көхтөөхтүк кыттан, культуурнай отуулары тэрийэн, дьон сыанабылын ылбыта. Кини, аҥаардас кинигэни уларсааччы эрэ буолбакка, нэһилиэк общественнай олоҕор төбөтүн оройунан түспүтэ. Кэлээтин кытта Куокунуттан 10 км ыраах өрүс уҥуор “Быйагыга” ыччат ферматыгар политтэрийээччинэн анаабыттара. Онно ыраах, өрүһү хайдах туоруубун диэн саараабакка, фермаҕа уонна отчуттарга көһө сылдьар библиотеканы тэрийбитэ. Кинигэлэри, сурунааллары, хаһыаттары кэмигэр уларытан иһэрэ. Учаастах, оройуон и һинэн туох сана олохтоммутун сонуну-нуомаһы тутатына тиэрдэн иьэр буолан, ыччат ытыктабылын түргэнник ылбыта, ханна баҕарар күүтүүлээх ыалдьыт этэ. Комсомольскай тэрилтэ секретара, икки төгүл олохтоох совет депутата, оройуон Советын депутата – Любовь Никифоровна общественнай үлэтин көрдөрөр кирбиилэр. Кэнники сылларга пенсияҕа тахсыар диэри А.С. Пушкин аатынан республиканскай библиотекаҕа сэдэх кинигэлэр салааларын сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлээбитэ.
Библиотека аһыллыаҕыттан уонча библиотекарь үлэлээбититтэн 10 сыл тохтоло суох Дьокуускайга библиотечнай үөрэҕи бүтэрбит Еремеева Марфа Никифоровна үлэлээбитэ. Кини бастакы библиографическай үлэлэри – систематическай, алфавитнай каталогтары олохтооһуну саҕалаабыта. Библиотека ис тэрилин санардыбыта.
1973 сылтан 2008 сылга дылы Библиотекаҕа Улан-Удэтааҕы культура институтун бүтэрбит Данилова Екатерина Павловна улэлээбитэ. Библиотека фондата 9064, ааҕааччыта 445 киһиэхэ тэҥнэһэр. 1977 с. Оройуоннааҕы кииннэммит ситим филиалын быһыытынан үлэлиир. Екатерина Павловна библиотека фондата туруктаах буоларыгар, көрдөрөр агитацияҕа, справочнай-библиографическай улэҕэ болҕлмтотун уурар уонна нэһилиэк историятыгар элбэх матырыйаал хомуйар.

Почта. Сибээс.
1937 – 1938 сс. Тойбохойтон, Бэс Күөлүттэн почтаны аан бастаан Петрова Акулина Сидоровна таспыта биллэр. Сэрии сылларыгар Тойбохойтон почта таһыытыгар Петров Егор Сидорович, Константинова Анна Никифоровна, Михайлова Мария Христофоровна үлэлээбиттэрэ.
1965 сыллаахха почта отделениета үлэҕэ киирбитэ. Маҥнайгы начальнигынан сибээс үлэтигэр улахан уопуттаах Иванов Афанасий Федорович ананан тахсыбыта. Салгыы Павлов Григорий Николаевич, Павлова Ксенья Николаевна, Федорова Варвара Григорьевна, Степанов Алексей Васильевич начальнигынан үлэлээбиттэрэ. Сибээс отделениетын начальнигынан уһун сылларга, 1975-2002 сылларга Ефремова Олимпиада Григорьевна үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Билигин начальнигынан Семенова Галина Кирилловна үлэлиир.
1954 сыллаахха ыал ахсын радио киирбитэ, үс точкалаах телефон коммутатора үлэҕэ киирбитэ. Радиһынан Генеров Игнатий Степанович үлэлээбитэ. Ити сылларга почтаны Кириэстээхтэн Тихонов Николай Григорьевич, Николаев Спиридон Григорьевич, Афанасьев Петр Иванович аҕалан ыалынан тарҕаталлара.
Куокунуга Бүлүү ГЭС 110 кВт үрдүк күүрүүлээх линията 1972 сыллаахха ахсынньы 22 күнүгэр үлэҕэ киирбитэ. 1975 сыллаахха телевизор күөх уота умайбыта. 1978-79 сылларга 100 точкалаах АТС үлэҕэ киирбитэ. Бастакы электромонтерунан Леонид Николаевич Ефремов анаммыта. Билигин Альберт Егорович Федоров үлэлиир.

Атыы-эргиэн үлэтэ.
30-с сылларга холбоһуктааһыны-холкуостааһыны тэрийиини кытта сэргэ кооперация туһунан өйдөтүү үлэ күүскэ барара. Ити түмүгэр бастакы маҕаһыын аһыллыбыта. Атыыһытынан Иванов Гаврил диэн киһи үлэлээбитэ.
Куокунуга маҕаһыын үлэлээбит историятыгар бэрт элбэх атыыһыт үлэлээбитэ биллэр.
1972 с. Тойбохой рабкообуттан арахсан, туспа Кириэстээх рабкооба тэриллибитэ. Рабкооб бэрэссэдээтэлэ Амбросьев Ксаверий Андреевич кадрдары таба сүүмэрдээбитин түмүгэр Куокуну маҕаһыынын базата саҥардыллыбыта, кэҥээбитэ. Продуктовай, промтоварнай отделлардаах улахан маҕаһыын, улахан ыскылаат, пекарня үлэҕэ киирбиттэрэ. Ити тутуулары маҕаһыын сэбиэдиссэйэ Егоров Дмитрий Титович ситэттэрбитэ. Атыылааччынан Егорова Екатерина Спиридоновна уонна Евсеева Софья Ивановна таһаарыылаахтык үлэлээбиттэрэ.
Куокунуга пекарня 1958 с. үлэлиир. Бастакы биэкэринэн Иванова Матрена Матвеевна үлэлээбитэ. Иванова Валентина Николаевна, 1968 сылтан соҕотоҕун бүтүн нэһилиэги килиэбинэн хааччыйбыта,Табаҕаҕа күһүн саас күргүөмнээх үлэҕэ эрэ эбии үлэһит көрөллөрө. Илиинэн оһох оттон килиэп оҥороллоро, рабочайынан Федоров Григорий Николаевич уонна Егоров Федор Афанасьевич үлэлээбиттэрэ. Маҕаһыын, пекарня оттор маһын илии эрбиитинэн эрбээн, хайытан хааччыйар этэ. Ууну оҕуһунан, атынан бочканан таһаллара. Өр сылларга Куокунуга биэкэринэн Федорова Зинаида Григорьевна, Пинчук Ревмира Прокопьевна үлэлээбиттэрэ. Егорова Марина Евгеньевна, ийэтин утумнаан, күн бүгүҥҥэ диэри минньигэс, тотоойу килиэбинэн дьонун-сэргэтин хааччыйа олорор.

Ветеринарнай пуун.
Куокунуга ветеринарнай пуун 1963 с. тэриллибитэ. Ол иннинэ Кириэстээхтэн ветеринарнай санитардар, ветеринарнай фельдшердар кэлэн үлэлииллэрэ.
Кэлин 27 сыл тохтоло суох үлэлээбит Степанова Азалия Витальевна үлэлиэҕиттэн Куокунуга ветпункт тохтоло суох үлэлээбитэ. Ол түмүгэр сүөһү, сылгы, ньирэй өлүүтэ лаппа аҕыйаабыта. Бу үлэҕэ өр идэлэригэр бэриниилээхтик үлэлээн дьон-сэргэ махталын ылбыт ветеринарнай үлэһиттэринэн Степанова Азалия Витальевнаны, Генерова Ада Егоровнаны,Данилова Надежда Романовнаны, Егорова Наталия Ивановнаны, Кондратьев Юрий Ивановиһы, Никитин Сергей Сергеевиһи ааттыыбыт.

“Кириэстээх” совхоз.
“Кириэстээх” совхоз 1972 сыллаахха тохсунньу ыйга тэриллибитэ.
“Кириэстээх” совхозка 1974 сылтан саҕалаан бары салаа үлэлэргэ, бурдук үүнүүтүн хомуйууга, үүт валовай, биирдии ынахтан ыамын үрдэтиигэ, ньирэйи, борону кыстык ыйдарыгар төлөһөтүүгэ, табаарынай сүөһү сайыҥҥы мэччирэҥҥэ улаатыннарыыга, ынаҕы искусственнай сиэмэлээһининэн ууланнарарга, ньирэй, кулун төрүөҕүн ылыыга, оттооһуҥҥа, сиилэстээһиҥҥэ үлэ түмүктэрэ ситиһиилээх, үрдүк көрдөрүүлээх буолбуттара. Үгүс үлэ бастыҥнара, маяктара үүнэн тахсыбыттара, үрдүкү правительственай наҕарааданы, орденнары, ылар чиэстэммиттэрэ.
“Үрдүк үүнүү” звенотун бастакы сылларга совхоз бастыҥ механизатора, Үлэ Албан Аата үһүс степеннаах уордьанын кавалера Николай Николаевич Николаев салайбыта. Онтон 1975 с. Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Ленин, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар кавалера Михайлов Клавдий Иванович 1991 с. диэри салайбыта.
Совхоз хонуутун үлэһиттэрэ сир оҥоһуутун культуратын үрдэтэн, наука уонна бастыҥ уопут ситиһиилэрин олоххо киллэрэри ситиспиттэрэ. Ол түмүгэр совхоз буолбута. (1972-1984 сс.) 12 сылын устата баалабайынан 12254 тыһ. тонна, хас биирдии гектартан 10,2 ц бурдук үүнүүтүн ситиспиттэрэ.
Үрдүк үүнүүнү ылыыга элбэх ахсааннаах производство маастардара үүнэн тахсыбыттара. Олортон “Үрдүк үүнүү” звенотун салайааччыта Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Ленин, Үлэ Кыһыл Знамята уордьаннар кавалера К.И. Михайлов, “Сельхозхимия” филиалын салайааччыта Үлэ Албан Аата үһүс степеннаах уордьанын кавалера Н.Н. Николаев, механизатор, икки мэтээл кавалера З.Е. Генеров, рационализатор уус Р.В. Данилов, С.Ф. Генеров, Л.Ф. Генеров, Ф.К. Семенов, эдэр рационализатор В.И. Иевлев, кладовщик Д.З. Еремеев, сир оҥоһуутун культуратын үрдэтиигэ, киниттэн туруктаах үүнүүнү ылыыга производствоны тэрийээччилэр: агрономнар И.Н. Сидоров, И.Г. Иванов, инженер-механик Н.А. Тотонов, механик К.Д. Соколов элбэх сыраларын ууран үлэлээбиттэрэ.