Куокуну сирэ-уота сурукка киирбитинэн аан бастаан 1776 сыллаахха оҥоһуллубут оттуур сири түҥэтии биэдэмэһигэр ахтыллар.
Ричард Карлович Маак хомуйбут матырыйаалларыттан көстөрүнэн, 1858 сыллаахха билиҥҥи Куокуну нэһилиэгин сиригэр Куокунуга, Быйакы Элгээҥҥэ уонна Дьаархаҥҥа 41 хаһаайыстыба, 207 киһи баар эбит. Ол саҕана бу сирдэр үс нэһилиэк быстахтара эбиттэр – Торбуох (билиҥҥи Тойбохой), III-с Дьаархан, II-с Бордоҥ.
1929 сыллаахха Бакамда нэһилиэк быстаҕар Куокунуга «Сулус» диэн бастакы колхоз тэриллибитэ. Бу колхозка 1933 с. туругунан 66 хаһаайыстыба, 245 киһи бара.
Дьокууйскайга совпартоскуоланы бүтэрбит Генеров Дмитрий Иванович кэргэнинээн Оегостурова Зоя Ивановналыын Куокунуга коллективазациялааһын үлэтин ыыппыттара. 1931 сыллаахха Куокунуга бастакы оскуоланы туттарбыттара.
Бу оскуола 1931-32 үөрэх сылын саҕаланыытын туругунан үс сыллаах эбит (ол кэмҥэ оройуоҥҥа начальнай оскуолалар икки, үс уонна түөрт сыллаах эбиттэр). Бу түмүгэр 1934 с. Куокуну нэһилиэгэ үөскээбит.
Колхозтааһын саҕана, сэрии саҕана, сэрии кэнниттэн Быйагы, Торбуок, Элгээн, Нөөрүктээйи, Наахара, Ииттэкээн, Бордоҥ дьонноро атын сирдэринэн тарҕаспыттар. Бэрт аҕыйах киһи Куокуну бөһүөлэгэр киирэн олохсуйбут. Куокуну олох эстиэҕин, 50-с сыллардаахха Табаҕа буолата оҥоһуллан, дьон-сэргэ тоҕуоруйан, улам кэлии дьон үксээн, өрүһүллүбүтэ.