Перейти к основному содержимому

Куокунинская сельская библиотека

Сайылык Уолун кытта истиҥ көрсүһүү

Алтынньы 7 күнүгэр Куокуну нэһилиэгин «Кустук» култуура киинигэр Сахабыт сирин киэн туттуута, айылҕа кэрэтин, булт уонна киһи олоҕун дириҥ философиятын айымньыларыгар чаҕылхайдык арыйар суруйааччы Александр Амбросьев-Сайылык Уолун кытта көрсүһүү буолан ааста.

Көрсүһүү саҕаланыытыгар Кириэстээх бибилэтиэкэтин сүрүннүүр бибилэтиэкэрэ Людмила Афанасьевна Кириэстээх литературнай түмсүүлэрин туһунан кэпсээтэ. Ону таһынан, Александр Амбросьев кинигэлэринэн ылбыт наҕараадаларын, ол иһигэр «Айар кутум далбараҥа» диэн быыстапканы билиһиннэрдэ, көрдөрдө, кинилэр суолталарын туһунан кэпсээтэ. Бу хас биирдии наҕараада – суруйааччы айымньылара төһөлөөх улахан сыанабылы ылбыттарын туоһулуур.

Көрсүһүүгэ кэлбит дьон Александр Амбросьев олоҕун, айар үлэтин туһунан, кинигэлэрин хайдах суруйбутун туһунан кэрэхсэбиллээх кэпсэтиини иһиттилэр. Ааптар бэйэтэ айымньыларын төрүттэрин, айар устуоруйаларын, айылҕалыын ситимнэрин туһунан аһаҕастык сэһэргээтэ. Ааптар тыынар-тыыннаахха, айылҕаҕа сүгүрүйэр сыһыана, өбүгэлэрбит үгэстэрин билиитэ кини айымньыларын сүрүн өртүгэр сытар. Александр Амбросьев-Сайылык Уола айымньылара биһиги өйбүтүн-санаабытын байытар, саха тылын күүһүн арыйар. Кини кинигэлэрэ дьону кэрэҕэ, үтүөҕэ уһугуннарар уонна айылҕаны харыстыырга ыҥырар.

Бу күннэргэ саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт, Астанатааҕы аан дойду уонна Новосибирскайдааҕы Сибирдээҕи кинигэ ярмаркаларыгар «Лучшая художественная литература» номинацияҕа лауреат буолбут «Аарыма» сэһэн 4 чааһа барыта киирбит халыҥ кинигэтэ олохтоохторго автографтаах атыыга барда. Маннык ураты кыах бэриллибитинэн, кинигэни ылынан, Сайылык Уолун автограбын илдьэ барбыт дьону эҕэрдэлиибит. Бу кинигэ хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ ытык бэлэх буолуоҕа диэн эрэнэбит.

Бу тэрээһиҥҥэ кэлбит олохтоохтор кыра нэһилиэк диэн тумнан ааспакка, кинилэргэ кэлэн истиҥ көрсүһүү оҥорбуттарыгар Сайылык Уолугар улахан махталларын биллэрдилэр. Тэрээһин түмүгэр Александр Амбросьев-Сайылык Уолугар айымньылаах үлэтигэр салгыы ситиһиилэри баҕардылар.

Кэлбит дьоҥҥо, уонна бу тэрээһин ыытылларыгар көмөлөспүт бары үтүө дьоҥҥо махталбытын тиэрдэбит! Сахалыы тыыннаах литературабыт үйэлэргэ уостубат күүс буолуохтун!