Перейти к основному содержимому

Куокунинская сельская библиотека

«Сэргэхсийиэх» аҕам саастаахтарга аналлаах остуол оонньуулара уонна спортивнай күрэхтэр

Бүгүн, 2026 сыл алтынньы 6 күнүгэр, «Кустук» култуура киинигэр аҕам саастаах дьоҥҥо анаан «Сэргэхсийиэх» диэн остуол оонньуутугар уонна спортивнай күрэхтэр ситиһиилээхтик буолан аастылар.
Күрэххэ түөлбэлэртэн кэлбит 3-түү киһилээх хамаандалар бары күүстэринэн-кыахтарынан эстафетаҕа күрэхтэстилэр.

  • Эстафета түмүгүнэн:
  • 1 миэстэ: Яковлев Аркадий кириллович, Винокурова Тамара Даниловна, Петрова Зинаида Михайловна
  • 2 миэстэ: Иевлев Виктор Иванович, Семенова Галина Кирилловна, Степанова Нина Федоровна
  • 3 миэстэ: Винокуров Николай Николаевич, Петрова Елизавета Ивановна, Оконешникова Октябрина Романовна

Кыттааччылар хабылыкка, хаамыскаҕа, шашкаҕа, дартска уонна эстафетаҕа бэйэлэрин дьоҕурдарын, сымсаларын, өй-санаа сытыытын көрдөрдүлэр.
Оонньуулар түмүгүнэн:

  • Хабылыкка:
  • 1 миэстэ — Степанова Нина Федоровна
  • 2 миэстэ — Семенова Галина Кирилловна
  • 3 миэстэ — Петрова Зинаида Михайловна
  • Хаамыскаҕа:
  • 1 миэстэ — Степанова Нина Федоровна
  • 2 миэстэ — Петрова Зинаида Михайловна
  • 3 миэстэ — Семенова Галина Кирилловна
  • корнхол:
  • 1 миэстэ — Николаев Александр Давыдович
  • 2 миэстэ — Винокуров Николай Николаевич
  • 3 миэстэ — Семенова Галина Кирилловна

Күрэхтэһии өрө көтөҕүүлээх, үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааста. Кыттааччылар бэйэ-бэйэлэригэр ситиһиилэри баҕаран, күүс-көмө буолан, дьоһуннаах сынньалаҥы ыллылар.
Күрэххэ кыттыбыт бары аҕа саастаахтарга, ытыктабыллаах түөлбэ олохтоохторугар, тэрийээччилэргэ уонна көрөөччүлэргэ барҕа махталбытын тиэрдэбит!
Күүстээх доруобуйаны, уһун үйэлээх олоҕу, өссө да маннык сэргэх тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттаргытыгар баҕарабыт!