Notice: Функция _load_textdomain_just_in_time вызвана неправильно. Загрузка перевода для домена fluida была запущена слишком рано. Обычно это индикатор того, что какой-то код в плагине или теме запускается слишком рано. Переводы должны загружаться при выполнении действия init или позже. Дополнительную информацию можно найти на странице «Отладка в WordPress». (Это сообщение было добавлено в версии 6.7.0.) in C:\inetpub\wwwroot\kuokunu.sunlibrary.ru\wp-includes\functions.php on line 6170 Саха Республикатыгар сэтинньи 11 күнэ хабылык күнэ — Куокунинская сельская библиотека Deprecated: Функция WP_Dependencies->add_data() вызвана с аргументом, который считается устаревшим с версии 6.9.0! Условные комментарии IE игнорируются всеми поддерживаемыми браузерами. in C:\inetpub\wwwroot\kuokunu.sunlibrary.ru\wp-includes\functions.php on line 6170
 
Саха Республикатыгар сэтинньи 11 күнэ хабылык күнэ

Саха Республикатыгар сэтинньи 11 күнэ хабылык күнэ

Сэтинньи 11 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн Саха төрүт оонньууларын – Хабылык уонна Хаамыска күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн “Кустук” культурнай-спортивнай комплексын саалыгар хабылыкка, хаамыскаҕа үөрэтии уонна күрэхтэһии буолла.

Тэрээһиҥҥэ араас саастаах уонна социальнай бөлөхтөр кыттыыны ыллылар: оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор, оскуола оҕолоро, тэрилтэ үлэһиттэрэ, пенсионердар уонна доруобуйалара хааччахтаах дьон. Бу күрэхтэһии Саха төрүт оонньууларын үйэтитиигэ уонна киэҥ араҥаҕа тарҕатыыга улахан суолталаах диэн бэлиэтэннэ.

Хабылык уонна хаамыска оонньуулар анал үөрүйэхтэри, сымса буолууну, толкуйдуур дьоҕуру сайыннараллар. Маннык тэрээһиннэр нэһилиэк олохтоохторун сомоҕолууллар, биир сыалга-сорукка түмэллэр. Кыттыыны ылбыт дьон бары чэгиэн-чэбдик буоларга, спортка уонна төрүт култуураҕа тапталы иҥэринэргэ ыҥырыыны иһиттилэр.